Күн бүгүн биһиги ортобутугар атын айылгылаах, туспа тойуктаах кэрэ кэм кэрэһиттэрэ бииргэ алтыһан олохпут аартыгынан айанныыллар. Олортон биирдэстэрэ худуоһунньук идэлээх Румянцев Владимир Васильевич. Кини бүгүн биһигини муста 35 сыл устата айбыт үлэтин түмүгүн туруорар быыстапкатыгар.
Киһи бу сиргэ олорорун тухары дьоҥҥо сэргэҕэ бэлиэ суолу хаалларар, уостан түспэт номох буолар олохтонор. Онтон итинник дьоннор биһиги ортобутугар биллэ — көстө сатаабакка сүрдээх сэмэйдик олороллор. Бүгүн биһиги оннук дьоннор ортолоругар киллэриэхпит этэ Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгунун, Владимир Васильевич Румянцевы. Владимир Васильевич дьүккүөрдээх үлэтэ үрдүктүк сыаналанан 2003 сыллаахха Уус –Алдан улууһун баһылыгын Бочуотунай грамотатынан, 2012 сыллаахха Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна бэлиэнэн, 2013сылга Уус –Алдан улууһун культуратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэнэн, 2015 сылга Спортка бэриниитин иһин бэлиэнэн, Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрин Учуутала интернет куонкус лауреата , 2018 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай сайдыытыгар үтүөтүн иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Бочуотунай Грамотатынан уонна кыһыл көмүс чаһытыннан наҕараадаламмыта.