Түөлбэлэр икки ардыларыгар спартакиаданы салҕаан уус — уран самодеятельноска күрэх буолла. Кулун тутар 1 күнүгэр «Саһарҕа», кулун тутар 2 күнүгэр «Дьулуур» түөлбэлэр олохтоохторо кэнсиэр туруоран нэһилиэнньэҕэ көрдөрдүлэр.
Бары да талааннаах, ырыа куттаах, үҥкүлүүр дьоҕурдаах дьон мустан киһи хараҕа астынар, дууһата манньыйар киэһээлэр аастылар.