Өспөх нэһилиэгин олохтоох библиотекатын Улуу Кыайыы 78 сылыгар аналлаах выставката «Сайдам» култуура уонна спорт киинигэр турда. Саха буойун суруйааччылара,ону тэҥэ Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт Сахабыт сирин дьоруой саллааттарын,төрөөбүт улууспут Уус-Алдан чулуу буойуттарын, Кыайыыны уһансыбыт ытык Ийэлэрин туһунан дириҥ ис хоһоонноох кинигэлэри Кыайыы выставкатыгар көрүөххүтүн сөп
Олоҥхо алыптаах ыллыгар үктэннилэр.
Саха омугун уус уран айымньытын муҥутуур чыпчаалыгар, норуоппут сүҥкэн баайыгар Олоҥхоҕо аналлаах декада чэрчитинэн, Өспөхпүт нэһилиэгэр «Сайдам» култуура уонна спорт комплекса, олохтоох бибилэтиэкэ, оскуола оҕолоро, нэһилиэк олохтоохторо, Саха чулуу суруйааччыта Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар олоҕуран, алын кылаас оҕолоругар, уһуйаан иитиллээччилэригэр дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Кырачаан нэһилиэкпит олохтоохторо бу дьүһүйүүнү көрөн олоҥхо алыптаах ыллыгар үктэннилэр, уус… (читать далее)







































































