Саха омугун уус уран айымньытын муҥутуур чыпчаалыгар, норуоппут сүҥкэн баайыгар Олоҥхоҕо аналлаах декада чэрчитинэн, Өспөхпүт нэһилиэгэр «Сайдам» култуура уонна спорт комплекса, олохтоох бибилэтиэкэ, оскуола оҕолоро, нэһилиэк олохтоохторо, Саха чулуу суруйааччыта Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар олоҕуран, алын кылаас оҕолоругар, уһуйаан иитиллээччилэригэр дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Кырачаан нэһилиэкпит олохтоохторо бу дьүһүйүүнү көрөн олоҥхо алыптаах ыллыгар үктэннилэр, уус уран айымньы ис тутулун кытары билистилэр. Чоҕулуспут харахтар, сэҥээрии, сөхпүт саҥа аллайыы, истиҥ мичээр, ытыс тыаһа бу киэһэ олохтонно! Кэнэҕэски кэнчээри кэскиллэрбитигэр бүгүҥҥү тэрээһин сүрэхтэригэр-быардарыгар сөҥөн, өйгө-санааҕа хатанан, инникитин өссө даҕаны норуоппут сүдү баайа оҕолорбутун угуйуо диэн эрэнэбит! Алыптаах олоҥхо саргыта салалыннын, чэчирии, сайда турдун!




























